Федеральнайдааҕы бырайыактарынан регионнарга ууну ыраастааһыҥҥа ылыллар дьаһалларга анаммыт үбүлээһини хаҥатар туһунан миниистирдэр кабинеттара уураах таһаарда. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.
«Экология» национальнай бырайыак «Ыраас уу» уонна «Волганы чөлүгэр түһэрии» федеральнайдааҕы бырайыактарын туһунан этиллэр. Докумуоҥҥа сурулларынан, билигин инженернай үлэлэргэ уонна эбийиэктэри тутууга бырайыактыыр докумуону бэлэминээһиҥҥэ харчы эмиэ көрүллэр буолуоҕа.
Субсидия маны сэргэ инвесторга эбэтэр олохтоох бюджеттан туттуллубут ороскуоту төннөрүүгэ эмиэ баар буолуоҕа. Канализационнай ситими тутууга уонна уларытан тутууга көрүллэр.
Санатар эбит буоллахха, «Ыраас уу» бырайыак нэһилиэнньэни ыраас иһэр уунан хааччыйыыга туһуланар. Алта сылга бырайыак олоххо киириитигэр 245 млрд солк тыырылынна.