РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин 2021 сылга өрөбүл күннэри көһөрүүгэ уураахха илии баттаата, онно олоҕуран ахсынньы 31 күнэ — өрөбүл күнүнэн бигэргэннэ. Бу туһунан бырабыыталыстыба саайтыгар таҕыста.
«2021 сылга тохсунньу 2 уонна 3 күннэрэ субуотаҕа уонна баскыһыанньаҕа түбэһэллэр. Бу бырааһынньык күннэрэ буолалларынан, күннэри сэтинньи 5 күнүгэр — бээтинсэҕэ уонна ахсынньы 31 күнүгэр — бээтинсэҕэ көһөрөргө быһаарыы таҕыста», — диэн суруллар быһаарыы докумуоҥҥа.
Олунньу 20 күнүн субуотаны — бэнидиэнньиккэ, олунньу 22 күнүгэр, көһөрүлүннэ, онон субуруччу сынньалаҥнар буолаллар: олунньу 21 — 23 күннэригэр, ол эбэтэр баскыһыанньаттан оптуорунньукка диэри.
2021 сылга Россия олохтоохторо маннык сынньаныахтара: тохсунньу 1 — 10 күннэрэ, олунньу 21 — 23, кулун тутар 6 — 8 күннэрэ, ыам ыйын 1 — 3 күннэрэ, ыам ыйын 8 — 10 күннэрэ, бэс ыйын 12 -14 күннэрэ, сэтинньи 4 — 7 күннэрэ.
This post was published on 16.10.2020 17:06 17:06