Россия бааннара 2 %-наах ипотекаҕа 1,7 тыһ. сайаапканы бигэргэппиттэр

Россия бааннара 2 %-наах Уһук Илин ипотекатын бырагырааматынан биир ый иһигэр 1,7 тыһыынча сайаапканы бигэргэттилэр.


Тохсунньу 16 күнүгэр бырагыраама оператора ДОМ.РФ хампаанньа 2 %-наах ипотеканы туһаныыга бааннар 1,7 тыһыынча сайаапканы бигэргэппиттэрин иһитиннэрдэ.

Кирэдьиит суумата ортотунан 4 мөлүйүөн солкуобай. Бырагыраама 2024 сыл ахсынньытыгар диэри үлэлиэхтээх. Уопсайа 450 млрд солкуобайга 147 тыһ. кирэдьиит бэриллэрэ сабаҕаланар, диэн НВК Саха суруйар.

This post was published on 17.01.2020 10:52 10:52