Россия артыыһа Юра Борисов «Оскары» ылбата

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россия актера Юра Борисов «Анора» киинэҕэ иккис былааҥҥа оруолугар «Оскар» ылбата. Бирииһи Киран Калкиҥҥа туттардылар, «Настоящая боль» киинэҕэ оруолугар.

Борисов американскай режиссёр Шон Бейкер «Анора» киинэтигэр оруолунан наҕараадаҕа претенденнээбитэ.

Санаттахха, олунньу 27 күнүгэр прокакка саха режиссера Владимир Мункуев уонна Максим Арбугаев «Кончится лето» киинэ тахсыбыта, сүрүн оруоллары Юра Борисов уонна Макар Хлебников толорбуттара.

This post was published on 03.03.2025 13:12 13:12