Аграрийдарга чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагыраамата 2023 сылга диэри салҕанан үлэлиир. Ол туһунан РФ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаалыгар сурулунна.
Бырагыраама үлэлииригэр бырабыыталыстыба 5 млрд солк «Россельхозбанк» тэрилтэҕэ ыытыаҕа, баан сүрүн кредитордартан биирдэстэрэ буолар. Бюджет инвестицията баан иэһи биэриитин иэни улаатыннарыаҕа, ол иһигэр чэпчэтиилээх кирэдьиити оҥоруутун.
Чэпчэтиилээх кирэдьииттэр көрүллэллэр:
— ыһыы үлэтигэр,
— оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга,
— баар үлэни өйүүргэ.
Маннык быһаарыы аграрий модернизациятын тиэмпэтин тутар уонна оҥорон таһаарыытын иэнин улаатыннарар. Ол барыта дойду аһынан хааччыллыытын куттала суох оҥоруутун хааччыйар.
This post was published on 13.12.2022 17:01 17:01