2023 сыл түмүгүнэн Россияҕа ВВП (внутренний валовый продукт) 3,6% (Росстат бастакы сыанабыла) улаатта. Ол туһунан РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин Госдуумаҕа отчуот кэмигэр эттэ.
«Саха сирэ элбэх хайысханан Уһук Илиҥҥэ лидер. Куруук үрдээһини тутар кыаллыбат, онон 2023 сылга ВРП 3,5% уонна промышленнай производство 2,9% үрдээһинэ ордук сыаналаах, тоҕо диэтэххэ, кини ааспыт сыллар үрдүк баазаларыгар олоҕурар. Постковиднай периоды 2020 сылтан ылан көрөр буоллахха, экономика үрдээһинэ 25%», — диэн телеграм-ханаалыгар өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сүбэһитэ, экономика экс-миниистирэ Майя Данилова суруйда.
This post was published on 05.04.2024 12:01 12:01