Россияҕа үүт аһы оҥорон таһаарыы иэнэ улаатта

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россияҕа тохсунньуга үүт аһы оҥорон таһаарыы иэнэ улааппыта бэлиэтэннэ. Иһэр үүтү оҥорон таһаарыы 527 тыһ. тн тэҥнэстэ, бу былырыыҥҥыга холоотоххо, 4,8% элбэх.

«Кисломолочнай» ас 229 тыһ. тн (+3,9%), сыр – 68,1 тыһ. тн (+0,9%), йогурт – 67 тыһ. тн (+8,6%), иэдьэгэй – 40 тыһ. тн (+3,9%), сүөгэй – 29 тыһ. тн (+3,3%), мороженай – 28 тыһ. тн (+8,7%).

Көрдөрүү сырьевой база эбиллиитин кытта сибээстээх. 2024 сылга бары хаһаайыстыбаларга 34,07 мөл тн ыаммыт үүт оҥоһулунна – ааспыт сылга тэҥнээтэххэ, 0,8% элбэх. Тохсунньуга балаһыанньа оннунан хаалла – табаарынай үүт 4% элбээтэ, онон тэрилтэлэр үүт аһы оҥорон таһаарыылара эбилиннэ.

This post was published on 12.03.2025 12:06 12:06