Россияҕа сибиинньэ этиттэн бородууксуйа оҥоруута улаатта

Хаартыска: ЯСИА

Кэнники сылларга дойдуга эти оҥорууга сибиинньэни иитии сүрүн хайысханан буолла. 2023 сыл 10 ыйыгар бөдөҥ, орто уонна кыра тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр 4,6 млн туонна сибиинньэ идэһэҕэ турда (тыыннаах ыйааһын), бу былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ 6,3% элбэх.

РФ тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Андрей Разин эппитинэн, бу көрүҥ көрдөрүүтэ ый аайы 4% улаатар. Бу ырыынакка эккэ наадыйыыны толуйар.

This post was published on 07.12.2023 16:01 16:01