Сибээс федеральнай миниистирэ Николай Никифоров от ыйын 14 күнүгэр Саха сирин Мииринэйигэр волоконно-оптическай чэрчини тардыы үөрүүлээх аһыллыытыгар кэлиэҕэ.
Бу күн алмаас провинциятыгар «Ростелеком» интернетэ уонна «МТС» 4G түргэн сибээһэ киириэхтэрэ.
Тэрээһиҥҥэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова, сибээс, информационнай технология миниистирэ Александр Борисов, Мииринэй оройуонун дьаһалтата кыттыахтара. Николай Никифоров суотабай сибээс оператордарын кытта көһө сылдьар мунньаҕы ыытыаҕа.
This post was published on 13.07.2016 15:12 15:12