Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин «Тутуу» диэн саҥа судаарыстыбаннай бырагыраама туһунан уурааҕа таҕыста. Докумуон 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киириэҕэ, болдьоҕо — 5 сыл. Эппиэтинэстээх сирэйинэн тутуу министиэристибэтэ буолар, суруйда «Коммерсантъ».
Тутуу миниистирэ Максим Решетников иһитиннэрбитинэн, бырагырааманы 2022–2024 сылларга бюджеттан үбүлээһин 3 триллион кэриҥэ солк тэҥ. 2022 сылга 860-тан тахса инвестиционнай бырайыак былааннанар.
Эрдэ Минстрой структура балаһыанньатыгар уларытыылары бэлэмнээбитин туһунан эппитэ, онно биэдэмистибэҕэ «Тутуу» судаарыстыбаннай бырагырааманан үлэлииргэ саҥа департамент арыллыахтаах диэн этиллибитэ. Функцияны федеральнайдааҕы аадырыстаах инвестиционнай бырагыраама (ФАИП) Минэконикаттан минстройга бэрилиннэҕинэ, толоруохтаах. Быһаарыы судаарыстыбаннай тутуу болдьоҕун кыччатыыга уонна ситэ тутулла илик эбийиэктэр ахсаааннарын аҕыйатыыга туһуланан ылылынна.
Хаартыска: ТАСС
This post was published on 13.04.2022 15:01 15:01