Бырааһынньыгынан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков эҕэрдэлээтэ. Кини 2025 сыл өссө бастыҥ, сырдык, үтүө буоларыгар эрэнэбит, өрөспүүбүлүкэбит өссө тупсарыгар баҕарабыт диэтэ.
«Үгэс быһыытынан биһиги модун федерациябытыгар Саха сирэ саҥа дьыллааҕы бастакы харыйаны уотунан күлүмнэтэ оонньотор. Атын регионнар биһиги көҕүлээһиммитин ылыналлар. Харыйа уотун үтүө сүрэхтээх, ыраас санаалаах, кэскиллээх киһи уматыахтаах», — диэтэ Кирилл Бычков уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн кырачаан кыыстарын Настяны ыҥырда.
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл аан бастаан 2011 сыллаахха оччолорго Дьокуускай куорат баһылыгынан үлэлээбит, билигин Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Сылын аайы ыытыллар тэрээһин Russian Event Awards национальнай бириэмийэ «Лучшее туристическое событие по популяризации народных традиций и промыслов» номинациятын Гран-при хаһаайына буолар.