Россияҕа үөрэҕириигэ бэриллэр кирэдьиит быраабылата бигэргэннэ

Россия бырабыыталыстыбата үөрэҕириигэ бэриллэр кирэдьиит быраабылатын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кабинеттарын сайтыгар бэчээттэммит уураахха этиллэр.

Докумуоҥҥа олоҕуран, үөрэҕириини өйүүр судаарыстыбаннай кирэдьиити биэриигэ бааннар Россия үөрэҕириитин уонна наукатын министиэристибэтигэр түһэриэхтээх ирдэнэр докумуоннарын кэрискэтэ олохтонор. Итилэр көмөлөрүнэн сөбүлэһии түһэрсиллиэҕэ, ити кэнниттэн баан үөрэхтээһин кирэдьиитин судаарыстыбаннай өйөбүлүн бырагырааматыгар киллэриллиэҕэ.

Бу иннинэ үөрэхтээһиҥҥэ кирэдьиити биэрии Россия Сбербаана туһааннаах министиэристибэҕэ үөрэхтээһиҥҥэ бэриллэр кирэдьииттэри биэрэр нормативнай докумуоннарга уларыйыылары киллэрэргэ этии киллэрбитин кэннэ быстах кэмҥэ тохтуу сылдьыбыта.

СИА.

This post was published on 03.07.2018 14:47 14:47