Россияҕа үрдэтиллибит биэнсийэни бэс ыйын 3 күнүттэн тутуохтара

Россия биэнсийэтин пуондата 10% үрдэтиллибит биэнсийэни саастаах, үлэлээбэт дьоҥҥо бэс ыйын 3 күнүттэн тиэрдиитэ саҕаланыаҕа. Ол туһунан РФ үлэҕэ миниистирэ Антон Котяков эттэ.

Индексация кэнниттэн биэнсийэ кээмэйэ 19 360 солк буолуоҕа, диэтэ Котяков. Эбиллии ортотунан 1900 солк. Бу дьаһалга барыта 35 мөлүйүөн биэнсийэлээх хабыллыаҕа. Тиийинэн олоруу алын кээмэйин кытта сыһыаннаах төлөбүрү 15 мөлүйүөн киһи ылыаҕа.

Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэни үрдэтии туһунан быһаарыыны президент Владимир Путин ылбыта. Маны сэргэ тиийинэн олоруу уонна МРОТ кээмэйдэрэ индексацияланыахтара. Онон Россияҕа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ  — 13 919 солк, оттон МРОТ – 15 279 солк. Индексация бэс ыйын 1 күнүгэр буолар.

Источник: «Российская газета»

This post was published on 26.05.2022 15:01 15:01