Массыыналаахтар ОСАГО электроннай полистары үп платформаларынан онлайн оҥорторон ылыахтарын сөп. Манна сөптөөх сокуон алтынньы 19 күнүттэн үлэлиир, суруйар «Парламентская газета».
Үп платформалара (өссө маркетплейстар дэнэр) табыгастаахтара диэн, биир былаһааккаҕа хас да страховой хампаанньа этиитин тэҥинэн үөрэтиэххэ сөп. Тута дуогабар түһэрсиллэр. Платформаҕа бу өҥөтүн иһин харчы төлөммөт, сокуоҥҥа оннук суруллар.
Маркетплейс старховка быраабылаларын сигэлэрин таһаарар эбээһинэстээх. Туһанааччылар сыыппаранан илии баттааһыннарын туһаныахтарын сөп. Страховой хампаанньалар бэйэлэрин саайтарыгар ханнык үп платформаларын кытта үлэлииллэрин суруйуохтаахтар.
Маркетплейстар — страховой агеннар эбэтэр брокердар. Кинилэр соруктара — киһи уонна страховой хампаанньа икки ардыгар ОСАГО дуогабарын түһэрсиигэ информацияны бэрсиилэригэр тэрээһини ыыталлар.
Сиһилии https://ysia.ru/rossiyanam-stanet-proshhe-najti-vygodnoe-osago/
This post was published on 19.10.2020 14:01 14:01