Россияҕа муус устар 28 - ыам ыйын 1 күннэрэ уһун сынньалаҥнарынан ааҕыллаллар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Кэлэр уһун сынньалаҥнар Россия олохтоохторун ыам ыйыгар күүтэллэр. Дьон муус устар 28 — ыам ыйын 1 уонна ыам ыйын 9 — 12 күннэригэр өрүөхтэрэ, РФ бырабыыталыстыбатынан бигэргэммит үлэ халандаарыгар олоҕуран.

Муус устар 27 күнүнээҕи өрөбүл муус устар 29 күнүгэр көһөр. Онон маай бырааһынньыктарын иннинэ 6 күннээх үлэ нэдиэлэтэ буолар. Маны сэргэ сэтинньи 2 күнүнээҕи өрөбүл муус устар 30 күнүгэр көһөрүлүннэ.

Ыам ыйын 9 — 12 күнүнээҕи өрөбүллэр тохсунньу 6 күнүнээҕи бырааһынньык күнү ыам ыйын 10 күнүгэр көһөрөн биэриини кытта сибээстээх.

This post was published on 12.03.2024 11:35 11:35