Россияҕа медицинскай мааска сыаната 55 солк-тан 13 солк-га диэри түстэ. Бу туһунан бэс ыйын 10 күнүгэр атыы-эргиэн, промышленность миниистирэ Денис Мантуров эттэ диэн, Lenta.ru суруйар.
«Медицинскай мааска иһин төлөбүрү 55 солк кулун тутарга 13 солк түһэрилиннэ, бу бэҕэһээҥи көрдөрүүнэн, маннык сыаната кыччаан иһиэҕэ», — диэтэ миниистир.
Кини эппитинэн, коронавирус пандемиятын кэмигэр Россия мааска оҥоруутугар муҥутуур кыах туттуллубута, ити эрээри билигин оҥорон таһаарыы холкутуйда, дойдуну толору хааччыйыы мэктиэлэннэ.
Кулун тутартан саҕалаан, мааска араас көрүҥүн оҥорон таһаарыы биэс төгүл улааппыта, сууккаҕа тоҕус мөлүйүөҥҥэ тиийэ оҥоһуллара. Маны сэргэ антисептиктары оҥоруу тоҕус төгүл улааппыта. Мантуров бэлиэтээбитинэн, бу хайысхаҕа үлэ өссө тэтимириэхтээх.
Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова дойдуга мааскалаах сылдьыы эрэһиимэ салҕанарын иһитиннэрбитэ.
This post was published on 11.06.2020 10:03 10:03