Россияҕа үлэтэ суох буолуу аан бастакытын 2,9% диэри түстэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россияҕа үлэтэ суох буолуу 2,9% диэри түстэ, бу дойду историятыгар аан бастаан буолла, ол туһунан РФ президиэнэ Владимир Путин быһа линияҕа эттэ, суруйар ТАСС.

«Үлэтэ суох буолуу таһымын историятыгар 3% диэн көрдөрүүнү киэн тутта соторутааҕыта кэпсээбиппит. Оттон бэҕэһээ кэллиэгэлэрбин кытта бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэ олорон көрбүппүт — 2,9% буолбут. Маннык көрдөрүү Россия историятыгар хаһан да буолбатаҕа. Бу олус үчүгэй интегрированнай көрдөрүү экономика туругар», — диэтэ судаарыстыба баһылыга.

This post was published on 15.12.2023 12:26 12:26