Миниистирдэр кабинеттара 100 тыһыынчаттан аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх сирдэргэ үлэлиир кылаас салайааччытыгар уонна кураторыгар икки бүк төлөбүр оҥоһулларын туһунан уурааҕы бэлэмнээтэ.
Ол туһунан РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин Госдуумаҕа бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр эттэ, суруйда РИА Новости.
Маннык өйөбүлүнэн 565 тыһыынчаттан тахса педагог туһанар бырааптаах.
Мишустин санаппытынан, балаҕан ыйыттан 5000 солк ыйдааҕы эбии төлөбүр дириэктэрдэр иитиигэ сүбэһиттэригэр көрүллэр.
This post was published on 04.04.2024 10:01 10:01