Россияҕа ипотека саҥа көрүҥүн киллэрэр баҕалаахтар, манна оҥорон таһаарыыны тэрийэр тэрилтэ дьиэтин ылыахха сөп. «Минпромторг» баһылыгын солбуйааччы Олег Бочаров эттэ, суруйар «Российская газета».
Кыра уонна дьоҕус бизнес көмөтүнэн оҥорон таһаарыы инфраструктуратын түргэнник тэрийиигэ дьиэ потекатын курдук киэпстээх өйөбүл наада, диэтэ Олег Бочаров. «Минпромторг» промышленнай ипотеканы 5%-ҥа диэри ставкалаан биэрэри этэр. Билигин докумуон оҥоһуллар уонна идеяны «Минэкономразвития», үп министиэристибэтин уонна судаарыстыба салалтатын кытта сөбүлэҥҥэ ыытыллар, диэтэ кини.
Барыллаан суоттаныынан, үбүлээһин ипотека инники баар бырайыактарыгар майгынныыр уонна уһун болдьоххо бэриллэр. Бу оҥорон таһаарыыга былаһааккалары тэрийиигэ улахан көмө буолуоҕа.
This post was published on 25.05.2022 11:01 11:01