Госдума дьиэ кэргэн харыстабылыгар кэмитиэтин баһылыга Нина Останина социальнай харысхал миниистирэ Антон Котяковка Россияҕа дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүн өрөбүлүнэн ааҕарга этиилээх таҕыста. Ураты даата от ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр. Ол туһунан РИА Новости сурук тиэксигэр сигэнэн суруйда.
«Маннык быһаарыы судаарыстыба элбэх оҕолоох ыалларга Россияҕа дьиэ кэргэн сылыгар болҕомтотун көрдөрөр», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
Салгыы сурулларынан, этии оҥорон таһаарыыны аччаппат, үгүс ийэ үлэлээбэт, оҕолорун иитиигэ бэйэлэрин аныыллар.
Санаттахха, бу күнү Дьокуускайга Хомсомуол болуоссатыгар бэлиэтиэхтэрэ. Бырагыраамаҕа — параад, маастар-кылаастар, бырааһынньыктааҕы кэнсиэр.
This post was published on 03.07.2024 13:01 13:01