Россияҕа "больничнай" муҥутуур кээмэйэ улаатыаҕа

2023 сылга Россияҕа ыарыйдахха көрүллэр босуобуйа муҥутуур кээмэйэ улаатыаҕа, суруйар СИА дойду үлэҕэ министиэристибэтигэр сигэнэн.

Босуобуйа кээмэйэ үлэһит страховой ыстааһыттаан тутулуктаах. Кэлэр сылга 8-тан үөһэ сыл ыстааска суума 83 204 солк, 5 — 8 сылга 66 564 солк, 5 сылга диэри ыстааска 49 923 солк.

Бастакы «больничнайга» 100% хамнастан, иккискэ — 80%, оттон ыстааһыҥ биэс сылтан кыра буоллаҕына 60%.

Холобурга, билигин ыстаас 8 сылтан үөһэ буоллаҕына 78 207 солк.

This post was published on 04.10.2022 16:32 16:32