2024 уонна 2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар быраабын уһаттылар, үс сылга.
Ол туһунан Россия ИДьМ пресс-киинигэр эттилэр.
Биэдэмистибэҕэ эппиттэринэн, көҕүлээһин «Минэкономразвития» кыттыгас оҥоһулунна. Бэрэстэбиитэл Ирина Волк иһитиннэрбитинэн, саҥа киирии тус массыыналарынан бэйэлэрин олохторугар уонна үлэлэригэр итиэннэ предпринимательскай дьыалаларыгар туһанар суоппардарга көрүллэр.
Министиэристибэ дааннайынан, саҥа дьаһал Россия биэс мөл тахса суоппарын хабар. Билигин кинилэр үс сыл устата «просроченнай» суоппардыыр бырааптара быһа уһуур.
This post was published on 09.01.2024 12:01 12:01