Россияҕа биир кэлим эксээмэни кыайан туттарбатах оҕо ахсаана ааспыт сыллааҕар аҕыйаабыт

Үөрэҕи уонна науканы кэтээн көрөр федеральнай сулууспа тус саайтыгар Россияҕа биир кэлим эксээмэни кыайан туттарбатах оҕо ахсаана ааспыт сыллааҕар аҕыйаабытын туһунан суруйар. Маннык түмүгү быйылгы сылга маҥнайгынан ыытыллыбыт информатикаҕа, географияҕа уонна математикаҕа (базовай) биир кэлим эксээмэннэр түмүктэригэр сигэнэн таһаарбыттар.


Эксээмэн ыытыллар пууннарыгар биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) кыттыылаахтара толорбут хоруйдарын былааҥкаларын сканируйдуур технология киэҥ далааһыннаахтык киирэн, биир кэлим эксээмэн ыытыллыаҕыттан ыла, үлэлэри бэрэбиэркэлиир болдьохпут аан маҥнайгытын биллэ кылгаата”, — диэн Рособрнадзор салайааччыта Сергей Кравцов бэлиэтээбит.

Ону сэргэ, быйыл математиканы (базовай) туттарбыт оҕолортон ыйыллыбыт алын баалтан намыһах баалы ылбыт оҕо ахсаана биллэ аҕыйаабыт. Ол курдук, ити сыыппара былырыын 4,6 %-ҥа тэҥнэспит эбит буоллаҕына, быйыл 3,4 %-ҥа диэри түспүт. Холобур быһыытынан, Тыва Өрөспүүбүлүкэтигэр 2 төгүл, Чечня Өрөспүүбүлүкэтигэр үс гыммыт биирэ, Дагестан Өрөспүүбүлүкэтигэр түөрт гыммыт биирэ аччаабыт. Маныаха эксээмэн туттарааччылар “Я сдам ЕГЭ” диэн бырайыакка кыттыылара үтүө түмүгү көрдөрдө диэн бэлиэтииллэр. “Я сдам ЕГЭ” бырайыак булгуччулаах биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттарыыга уустугу көрсөр үөрэнээччилэрдээх регионнарга номнуо үһүс сылын ыытылларын ыйбыттар. Быйыл математикаҕа (базовай) биир кэлим эксээмэни дойду үрдүнэн уопсайа 543 тыһ. киһи туттарбыт.

Оттон географияҕа эксээмэн алын баалын кыайан ылбатах оҕо ахсаана 13%-тан (2016 сыл) 9,3 % диэри түспүт. Сүрүн түһүмэххэ тустаах эксээмэни 14 тыһ киһи туттарбыт. Информатика уонна ИКТ биридимиэттэригэр ити сыыппара 12,4 %-тан (2016 сыл) 9,3 % диэри түспүт. Тустаах биридимиэттэргэ эксээмэни барыта 53 тыһ киһи туттарарын туһунан сайабылыанньа биэрбит.

Санатан эттэххэ, биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүн ege.edu.ru порталыгар көрүөххэ сөп.

This post was published on 14.06.2017 15:30 15:30