Россияҕа авиабилиэттэр бэс ыйыгар 9%-нан ыараатылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россияҕа авиабилиэккэ сыана ыарааһына бэс ыйыгар 9% тэҥнэстэ, ол туһунан РФ тырааныспарга миниистир солбуйааччыта Владимир Потешкин анал мунньахха эттэ.
«Быйыл сыана үрдээһинэ баар. Тохсунньуга — 14% , олунньуга — 18%, кулун тутарга — 22%, муус устарга — 11%, ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар — 9%», — Потешкин тылларын ТАСС суруйда.

This post was published on 16.07.2024 10:27 10:27