Агропромышленнай комплексы уонна тыа сирин өйүүргэ 2020 сылга 325 млрд солк көрөргө былаанныыллар. Суума, былырыыҥҥыны кытта тэҥнээн көрдөххө, 6%-нан элбэх. Бу туһунан «Көмүс күһүн-2019» Россиятааҕы быыстапка бизнес-сессиятыгар этилиннэ.
Москваҕа буолбут «Көмүс күһүн» быыстапкаҕа тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Елена Фастова бизнес-сессия кыттыылаахтарыгар салаа сайдыытыгар уонна регионнар инвестиционнай кыахтарын улаатыннарыыга судаарыстыба өйөбүллэрин туһунан кэпсээтэ.
Кини этэринэн, сүрүн хапытаалга инвестицияны үрдэтии тэтимин түргэтэтии былаанынан, ВПП өлүүтүн 25%-ҥа диэри улаатыннарары былаанныыллар: 2024 сылга тыа хаһаайыстыбатын, ойуур хаһаайыстыбатын, булка, балыктааһыҥҥа, балыгы иитиигэ 822 млрд солк., ас бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга 356 млрд солк, утаҕы оҥорууга 50 млрд солк.
Маны сэргэ АПК-ны уонна тыа сирдэрин өйөөһүҥҥэ 2020 сылга 325 млрд солк көрүөхтээхтэр. Ол иһигэр, 290 млрд солк тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраама тэрээһиннэрин олоххо киллэриигэ туттуллуохтаах. Кэлэр сылтан «Комплексное развитие сельских территорий» саҥа бырагыраама үлэлиэхтээх. Манна үбүлээһинэ — 35,8 млрд солк.
This post was published on 14.10.2019 15:58 15:58