Россия 2030 сылга диэри тыһыынчаттан тахса бэйэ сөмөлүөтүн оҥорон таһаарар былааннаах

Хаартыска: ЯСИА

Россияҕа 2030 сылга диэри тыһыынчаттан тахса сөмөлүөтү оҥорон таһаарар былаан баар. Маны сэргэ модун улахан тардардаах икки контурдаах турбовентиляторнай двигатели оҥорон таһаарар сыал-сорук турар.

Ол туһунан ахсынньы 14 күнүгэр Владимир Путин быһа линиятын кэмигэр эттэ.

«Салгын суудуналарын паарката омук оҥоһуулаах сөмөлүөттэринэн толору. Бэйэбит сөмөлүөтү оҥоруохтаахпыт. Биһиги 2030 сылга диэри тыһыынчаттан тахса бэйэбит сөмөлүөппүтүн оҥорон таһаарыахтаахпыт. Бу МС-21, баар салгын аалларын олохтоох оҥорон таһаарыы двигателлэринэн солбуйуохпут. Күүстээх тягалаах ПД-35 двигатели оҥоруохпут. Бу уһун магистраллаах сөмөлүөттэри элбэтиэҕэ. Ол иһигэр Ил-96-400, таһаҕас тиэйэр вариана үлэҕэ тахсыбыта. Былаан туолуутугар кыах баар. Лүөччүктэр уонна пассажирдар көтөр техникалара баар буолуоҕа!» – диэтэ Путин.

This post was published on 15.12.2023 11:33 11:33