Россия 2,8 мөл тахса олохтооҕо биэнсийэҕэ мунньунууларын Россия Биэнсийэҕэ фондатыттан судаарыстыбаннайа суох фондаларга укта

Маны сэргэ 2 мөл кэриҥэ киһи биир судаарыстыбаннайа суохтан атыҥҥа көстө. Бу туһунан Россия Биэнсийэҕэ фондатын пресс-релиһигэр этиллэр.


“2017 сылга көһүү хампаанньатын кэмигэр РБФ (ПФР) дьонтон 6,3 мөл сайабылыанньаны судаарыстыбаннайа суохха эбэтэр салайар хампаанньаҕа көһөр туһунан туппута. Итинтэн 4,9 мөл сайабылыанньаҕа сөбүлэстибит”, — диэн иһитиннэриигэ суруллар.

2,85 мөл киһи бэйэлэрин биэнсийэҕэ мунньунууларын РБФ-тан судаарыстыбаннайа суохха көһөрбүтэ, 1,96 мөл киһи биир судаарыстыбаннайа суохтан атыҥҥа көспүтэ, 76 тыһ. гражданин судаарыстыбаннайа суохтан РБФ-га кэлбитэ.

2017 сыллааҕы хампаанньа кэмигэр 1,42 мөл сайабылыанньаҕа аккаастабыттар. Аккаас сүрүн биричиинэлэрэ – сайабылыанньаны хойутаан түһэрии уо.д.а.

This post was published on 20.03.2018 12:30 12:30