Алтынньы 17 — 20 күннэригэр Дьокуускайга улахан тэрээһин буолуоҕа. Россия муосчуттарын VII бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Дойду 15 регионуттан маастардар түмсүөхтэрэ. Кинилэри сэргэ үс тас судаарыстыбаттан кэлиэхтэрэ. Бу туһунан культура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин эттэ, диэн СИА иһитиннэрэр.
Россия норуоттарын муоһу кыһан оҥоруу искусствотын бэстибээлэ 2005 сыллаахтан ыытыллар. «Симэх» национальнай киин үгэскэ кубулуйбут тэрээһинэ буолар. Быйыл аан бастаан президент гранын Фондатын өйөбүлүн ылла. 2,8 мөл. солк. тыырыллыбыт.
«Регионнар икки ардыларынааҕы киһи илиитинэн оҥорон таһаарыытыгар олус суолталаах тэрээһин буолар. 15 регион уонна үс омук судаарыстыбатын бэрэстэбиитэлэ кыттар», — диэтэ Владислав Левочкин.
Бэстибээл кэмигэр научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолуоҕа. Манна муоһунан кыһан оҥоруу сайдыытыгар, баар кыһалҕаларга кэпсэтиэхтэрэ. Биир сүрүн боппуруоһунан оҥоһугу оҥорорго аналлаах матырыйаал тиийбэтэ буолар.
Президент граныгар кыттыы бырайыагын ааптара, норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин салайааччыта Яна Игнатьева эппитинэн, регионнар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин муоһунан кыһан оҥоруу үгэстэрин тыыннаах хаалларыы буолар.
«РФ регионнарын бу хайысхаҕа оскуолалара бэйэ-бэйэлэриттэн үөрэнэллэригэр, бииргэ алтыһалларыгар баҕарабыт. Ол иһин бу сыллар тухары төгүрүк остуоллары ыыттыбыт. Матырыйаалы булууга, кадры бэлэмнээһиҥҥэ уонна оҥоһугу киэҥ маассаҕа тарҕатыыга кэпсэтиилэр бараллар. Манна улахан болҕомтону ууруохпутун наада», — диэтэ Игнатьева.
Бэстибээл бырагырааматыгар быыстапка-дьаарбаҥка, кэмпириэнсийэ, көрүү-куонкурус, айар лабораториялар уонна маастар-кылаастар буолуохтара. Манна Россия уонна Саха сирин бастыҥ муосчуттара кыттыахтара.
Гренландияттан, Данияттан, Аляскаттан муосчуттар кэлэллэрэ күүтүллэр. Россияны Хабаровскай, Камчатка, Красноярскай уонна Приморскай кыраайдартан, Архангельскай, Московскай, Магаданскай, Тюменскай уобаластартан, Чукотскай, Ямало-Ненецкай, Ненецкай автономнай уокуруктартан, Алтай, Бурятия уонна Тыва өрөспүүбүлүкэлэрэ көрдөрүөхтэрэ.
This post was published on 01.10.2019 09:45 09:45