«Россети»: Саҥа эбийиэктэр Саха сирин хаачыстыбалаах электроэнергиянан хааччыйыахтара

Бэҕэһээ магистральнай энергия эбийиэктэрин үлэҕэ киллэрдилэр — Ленскэй уонна Нерюнгри оройуоттарыгар. Тутуулар уопсай суумалара 4 млрд солк.

«Россети» ПАУо генеральнай директора Андрей Рюмин эппитинэн, саҥа эбийиэктэр региону эрэллээх уонна хаачыстыбалаах электроэнергиянан хааччыйыахтара, суруйар СИА.

Бэлиэтээн эппиттэринэн, эбийиэктэр Саха сирин оройуоттарын гааһынан хааччыйыыга усулуобуйаны тэрийииттэн таһынан, дойду атын регионнарын эмиэ хааччыйыахтара. Кытайга гааһы экспортыырга уонна «Соҕуруу Саха сирэ» ТОР якорнай резидент электроуотунан хааччыллыытын толоруохтара.

«Саамай бөдөҥ инвестиционнай программабыт, ол эбэтэр 74 млрд солк Уһук Илин уокурукка көрүллэр. Күһүҥҥү-кыһыҥҥы бэлэм түмүктүүр түһүмэҕэр кэллибит. Бэлэм буолуу — 85% кэриҥэ», — диэтэ Андрей Рюмин.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

This post was published on 09.09.2022 09:28 09:28