Атырдьах ыйын 1 күнүгэр ылыллыбыт салгын анаалыстара көрдөрөллөрүнэн, Дьокуускай куоракка салгыҥҥа РМ-2,5 диэн эттиктэр концентрациятынан нуорматтан арыый мөлтөх туруктааҕа биллибит, диэн Эдэр саас суруйар.
Ол курдук, ПДК нуорматын 1,1 төгүл куоһарбыт. Атын көрдөрүүлэр, ол эбэтэр РМ-10 эттиктэр, углерод оксида, сера диоксида, формальдегид, курунньук (углерод) нуорма иһинэн. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр киһи быраабын көмүскүүр федеральнай сулууспа салалтатын санитарнай кэтэбилин салаатын салайааччытын солбуйааччы Евгений Исаков иһитиинэрдэ.
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата от ыйын 25-31 күннэригэр барыта салгын 150 боруобатын Дьокуускайга, Хаҥалас, Амма, Мирнэй, Сунтаар Ньурба, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Нам уонна Таатта улуустарыгар ылбыт. Балартан 12-тэ нуорматтан үрдүк көрдөрүүлээхтэр. Дьокуускайга 4 боруоба ( азот диоксида – 2, РМ-2,5 эттиктэр – 2), Мииринэй оройуонун Арыылааҕар 8 боруоба ( углерод оксида – 2, азот оксида – 3, азот диоксида – 2, сера диоксида – 1) уонна Чурапчы улууһун киин нэһилиэгэр биир боруоба (азот диоксида) нуорматтан үрдүгэ быһаарыллыбыт. Роспотребнадзор нэһилиэнньэни салгыҥҥа буруо сыта билиннэҕинэ, сэрэхтээх буоларгытыгар, харыстанаргытыгар ыҥырар.
Егор Карпов
This post was published on 01.08.2022 16:50 16:50