«Роспотребнадзор» Россияҕа коронавирус тарҕаныытыгар төрүөт буолбут ыарыһаҕы быһаарда. Ол туһунан биэдэмистибэ баһылыга Анна Попова Наили Аскер-заде «Опасный вирус. Первый год» киинэтигэр «Россия 1» ханаалга кэпсээтэ, СИА суруйар.
«Кулун тутар 1 күнүгэр ыарыы баар буолбута бэлиэтэммитэ, оттон кулун тутар 17 күнүгэр 100 киһи ыалдьыбыта биллибитэ«, — Попова тылларын тириэрдэр РИА Новости.
«Роспотребнадзор» баһылыга бэлиэтээбитинэн, бу пациент Россияҕа коронавирус тарҕаныытыгар төрүөт буолбут. Бастакы үс ыалдьыбыт киһи ыарыыны Кытайтан киллэрбиттэрэ биллэр, ити эрээри кинилэр инфекцияны кимиэхэ да тарҕаппатахтара бигэргэммит.