Икки хонуктааҕыта, коронавирус «омикрон» диэн саҥа штамма туойга уһуннук олохсуйбатын биллэрбиттэрэ. Бу туһунан РИА новости “Вектор” вирусология киинин кытары кэпсэтэн баран суруйбута.
Учуонайдар «омикрон» вируһа металл уонна пластик ньууругар, ону тэҥэ ыраастаммыт ууга уонна туойга төһө өр сөҥөн сытарын кэтээн көрбүттэр. Кэтээн көрөөһүн сыыһа түмүккэ тиэрдибэтин туһугар, барытыгар тэҥ салгын баттааһынын тутуспуттар. Бу чинчийии түмүгэр, вирус туой ньууруттан 24 чаас иннинэ сүтэрин бэлиэтээбиттэр. Бу туһунан Росспотребнадзор тус саайтыгар биллэрдэ.
Маныаха, СИА Саха сиринээҕи физика уонна химия матырыйаалларын чинчийэн үөрэтэр СО РАН сүрүн исписэлииһэ Василий Тагровтан туой туһатын туоһуласта.
“Хайа баҕарар дьаҥ, хамсык да буоллун, киһи этин-хаанын уутун айгыратар, тиритиннэрэр. Ыарыһах киһи температурата үрдүүр, ол аайы кини этиттэн-хааныттан уута баранар, ону кытары туһалаах микроэлеменнара эмиэ суураллан тахсаллар. Онон бу киһи иммунитета өссө мөлтөөн, организма бу ыарыыга утарылаһар кыаҕа намтыыр”, — диэн Василий Николаевич кэпсээнин саҕалаата.
“Киһи күн аайы ыраас ууну иһэ сылдьыахтаах, оччоҕо бу киһи иммунитета быдан күүстээх буолар. Иһэр ууҥ хаачыстыбата үрдүк буоллаҕына, өссө үчүгэй. Ууга 3 күн туойу уган сытыардаххына, бу уу хаачыстыбата быдан тупсар. Киһи хааныгар биливердин диэн электроннай заряда бүппүт хаан баар, бу куһаҕан хаачыстыбылаах хаан элбээтэҕинэ киһи түргэнник ыалдьар буолар. Туойу уган туруорбут уу хаачыстыбата бу куһаҕан хааны ыраастыыр кыахтаах, киниэхэ онно аналлаах электроннай зарядтар үөскүүллэр. Инньэ гынан, маннык ууну киһи күннээҕи олоҕор киллэрдэҕинэ, бэйэтин чөл туругун харыстынарыгар мааскаттан уонна антисептиктан итэҕэһэ суох көмөлөһүөн сөп. Ол эрээри, бу ууну иһэр киһи мааската суох сылдьыан сөп диэн буолбатах, барытын холбуу туһанар быдан оруннаах ”.
Василий Николаевич бу хайысханан дьарыктаммыта 5-6 сыл буолбут. Бу кэм тухары кини Саха сиригэр булуллар туойу чинчийбит. Учуонай пандемия иннинэ Германияҕа сылдьан дьон микроэлеменнарынан баай сыаналаах ууну ыарахан сыанаҕа атыылаһан иһэрин бэлиэтии көрбүт. Холобур, оннук үчүгэй хаачыстыбалаах уу 1 лиитэрэтэ 500-800 солкуобай буоларын этэр, ити оччолооҕу евро сыанатынан. «Аны туран, туой даҕаны барыта тус туһунан буолар. Сорох туой уу хаачыстыбатын төттөрүтүн мөлтөтүөн син. Бу хайысханы ылсан туһалаах туойу дьоҥҥо тарҕатар буоллар, элбэх киһи иммунитета бөҕө туруктаныа эбитэ буолуо», — диэн Василий Тагров санаатын үллэстэр.
This post was published on 19.01.2022 17:06 17:06