Роспотребнадзор тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Маргарита Игнатьева суһал штаб иһитиннэриитин кэмигэр кэпсээбитинэн, коронавирустаабыт дьону учуоттуурга саҥа ньыма олохтонно, СИА суруйар.
«Алтынньы 19 күнүттэн коронавируһунан ыалдьыбыттары көрүҥүнэн көрөн арааран учуоттуурга этилиннэ. Ол эбэтэр балыыһаттан суһаллык биллэриллибит клиникалаахтар уонна лабораторияларга анаалыс түмүгүнэн ыарыыны сибикитэ суох аһардааччылар диэн», — диэтэ Маргарита Игнатьева.
Онон бэнидиэнньиктээҕи көрдөрүүгэ 133 ыалдьыбыт киһиэхэ 24 ыарыыны сибикитэ суохтук аһардааччылар эбилиннилэр. Онон Саха сиринээҕи официальнай статистикаҕа 157 киһи ыалдьыбытынан биллэрилиннэ.
Оптуорунньукка, алтынньы 20 күнүгэр, 177 «ковид-положительнайдар», ол иһигэр 138 ыалдьыбыт уонна 39 ыарыыны сибикитэ суох аһардааччылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр лабораторияларга анаалыс ылыытын көрдөрүүтэ үрдүк. Сууккаҕа 6701 чинчийиигэ диэри тириэрдилиннэ. Нэһилиэнньэни хабыы 506,7 тэҥ, бу 100 тыһ киһиэхэ. Бу көрдөрүү дойду үрдүнэн — 150.
This post was published on 21.10.2020 17:02 17:02