"Роспотребнадзор" COVID-19 эпидемията атырдьах ыйыгар түмүктэниэн сөп диэн эттэ

Атырдьах ыйыгар үгүстэр иммунитеттаныахтара, оттон вирус сезонунан сигэннэххэ,  COVID-19 дьаҥҥа сыстыы аҕыйыан сөп, суруйар «Российская газета».


Бу туһунан «Роспотребнадзор» эпидемиологияҕа Киин НЧИ научнай үлэҕэ дириэктэрин сүбэһитэ, РНА академига Виктор Малеев эттэ: «Сайын ырыы биллэ аҕыйыа. Ыарыы син биир баар буолуоҕа, ити эрээри дойду таһымыгар буолбатах«.

Биэдэмистибэҕэ эрдэ иһитиннэрбиттэринэн, регионнар коронавируһунан хааччахтааһыннары миэстэлэригэр уһулуохтарын сөп. Билиҥҥи балаһыанньа ону көҥүллүүр, диир «Роспотребнадзор» салайааччытын солбуйааччыта Ирина Брагина. Кини эппитинэн, Россияҕа, атын дойдулары кытта тэҥнээн көрдөххө, балаһыанньа тубуста.

Источник: rg.ru

This post was published on 02.04.2021 16:29 16:29