Роспотребнадзор баһылыга ыам ыйын 11 күнүн кэнниттэн хааччахтыыр миэрэлэр өссө кытаатыахтарын сөбүн этэр

Маай бырааһынньыктарыгар самоизоляция эрэһиимин тутуспатахха, ыам ыйын 11 күнүн кэнниттэн хааччахтыыр миэрэлэр өссө күүһүрүөхтэрин сөп. Ол туһунан РФ Роспотребнадзорун салайааччыта Анна Попова иһитиннэрдэ диэн, СИА Парламентская газета-ҕа сигэнэн суруйар.


«Инкубация болдьоҕо ортотунан 4-6-8 күн. Өскөтүн билигин биһиги «самоизоляция» эрэһиимин кэстэхпитинэ, ыам ыйын 12 күнүгэр хааччахтыыр миэрэлэри күүһүрдүөхпүтүн сөп», — диэтэ Попова.

Кини эппитинэн, хааччахтааһыны сымнатыыга 2-3 киһи буолан күүлэйдээһини уонна сибиэһэй салгыҥҥа спордунан дьарыктаныыны көҥүллээһин тэриллиэн сөп. Манна биир усулуобуйа ирдэнэр — социальнай дистанцияны тутуһуу.

This post was published on 02.05.2020 10:02 10:02