«Рособрнадзор кэнники сылларга ГИА-9 ыытыллыытын саҥардарга уонна 10 кылаастарга итиэннэ орто үөрэххэ киириигэ эксээмэн түмүгүн учуоттуур туһунан этэр. Онон, Рособрнадзор Россия биэс субъегар ыытыллар пилотнай бырайыагы өйүүрүн биллэрдэ», — иһитиннэриигэ суруллар.
Сокуон барыла регионнар бэйэлэрэ быһааралларыгар кыах биэрэр, хас субъект аайы балаһыанньа араастык турар, ол иһигэр үлэ ырыынагар, бэлиэтээтилэр пресс-сулууспаҕа.
Эрдэ депутаттар Госдуумаҕа 2025 сылга 9 кылаас кэннэ булгуччулаах икки предмет буоларын туһунан сокуон барылын киллэрбиттэрэ — нуучча тыла уонна математика — Москваҕа, Санкт-Петербурга, Ростов уонна Тюмень уобаластарыгар, Хотугу Осетия-Алания.