Бастакы ойуур баһаардарын биричиинэтинэн өртөөһүн уонна уоту сэрэҕэ суох туттуу буоллулар. Регион былааһа ойуур пуондатыгар уот турбатын туһугар наадалаах миэрэлэри барытын ылла.
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ «Росгидромет» зондировщик сөмөлүөтэ кэлэр. Ол туһунан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ эттэ.
«Ойуур баһаардара, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быйыл аҕыйах. Ити эрээри налыйан биэрэр сатаммат, ыам ыйын бүтүүтэ, бэс ыйын саҕаланыыта ойуур пуондатыгар 2021 сыллааҕы курдук кыһалҕалар үөскээбэттэрин туһугар үлэлиибит», — диэтэ Айсен Николаев.
Федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэ бюджеттарыттан үбүлээһин көрүлүннэ, уот тахсыытын кэтээн көрүүгэ авиация мониторинг ыытар. «Билигин күүс барыта бэлэм. Хайаан да зондировщиктар үлэлиэхтэрэ. «Росгидромет» тэрилтэ көтөр аала кэлэр, биһиги территориябытыгар үлэлиэҕэ. Маны сэргэ бэс ыйын саҥатыгар «Полярные авиалинии» авиахампаанньа ойуур уотун умуруорууга анал оборудованиелардаах бэлэмнэммит сөмөлүөтэ кэлиэҕэ», — диэтэ Ил Дархан.
This post was published on 19.05.2023 09:01 09:01