Росавиация регионнар икки ардыларынааҕы управление СИА-ҕа эппитинэн, дойду атын субъектарын кытта өрөспүүбүүкэ салгынынан сырыыта сабыллыбат.
«Салгын суолун саппаппыт, онто да суох мөлтөх транспортнай инфраструктуралаахпыт», — диэн Росавиация Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Виктор Загудаев эттэ.
Аэропортары сабыы – федеральнайдааҕы биэдэмистибэ быһаарыытыгар киирэр. Бүгүн Росавиация салайааччытын сорудаҕынан бары олохтоммут эрэһииминэн үлэлииллэр.
Виктор Загудаев эппитинэн, киин хайысхаларынан Нерюнгри, Полярнай, Мирнэй уонна Дьокуускай пуортара үлэлииллэр. Бу эбийиэктэргэ Роспотребнадзор исписэлиистэрин кытта тастан киирэр дьону хонтуруоллааһыҥҥа, кэтээн көрүүгэ миэрэлэр тутуһуллаллар. Өскөтүн пассажир кыраныысса таһыгар сылдьыбыт буоллаҕына, икки нэдиэлэҕэ изоляцияланара булгуччулаах. Коронавируска уорбаланааччы сибикитэ баар буоллаҕына, аэропортарга тута санитарнай миэрэлэр ылыллаллар.
This post was published on 07.04.2020 16:04 16:04