Ыам ыйын 4 күнүгэр Москваҕа Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыыны чиэстиир салгынынан параадка сүрүн бэлэмнэнии ыытыллыаҕа. РИА Новости Росавиацияҕа сигэнэн суруйар.
Сүрүн параадка бэлэмнэниигэ салгынынан айаны тэрийэр Госкорпорация (ОрВД) салгынынан көтүүгэ хааччахтааһыны киллэриигэ үлэлиир.
Репетицияҕа саппааска ыам ыйын 5 уонна 6 күннэрин эмиэ анаатылар. Салгынынан көтүүгэ хааччахтааһын, Росавиация бэлиэтээбитинэн, ыам ыйын 9 күнүгэр Параад кэмигэр эмиэ олохтонуоҕа.
Хааччахтааһыннар куттал суох буолуутугар анаан ылыллаллар. Шереметьево, Домодедово, Внуково, Раменское уонна Остафьево портарга уонна Калуга аэропордугар олохтонуохтара диэн эттилэр биэдэмистибэҕэ.
Шереметьевоҕа хааччахтааһын 9.40 — 10.05, Домодедово — 9.50 — 10.40, Внуково – 9.50 — 10.15, Раменское – 9.50 — 10.40, Остафьево – 9.50 — 10.40, Калугаҕа (Грабцево) – 8.40 — 9.40.
Росавиацияҕа бэлиэтээбиттэринэн, хааччахтааһын бириэмэтэ кылгас, онон салгынынан айан үлэтигэр кыһалҕаны оҥоруо суохтаах.
Авиация параадын 32 куоракка ыытар былаан баар.
This post was published on 04.05.2020 15:02 15:02