Таатта улууһугар ырыаһыт, мелодист Роман Моттуев сырдык кэриэһигэр аналлаах куонкурус киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна.
Даайа Аммата с. дьаһалтата уонна «Кустук» Култуура киинэ тэрийбит куонкурустарыгар Таатта улууһун 21 чулуу ыччата кэлэн кытынна. Бииртэн биир чуор куоластаах ыччаттар биир дойдулаахтара айан хаалларбыт ырыаларын толорон, мустубут дьону долгуттулар. Ырыаны таптааччыларга кэрэ куолаһынан сөбүлэтэр, киэҥ эйгэҕэ тахсан эрэр Кыйы уола Иван Беляев Гран-при хаһаайына буолан, морозильник бэлэх тутта. Атын номинациялар кыайыылаахтара эмиэ сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Бу күн биир дойдулаахтара талааннаах уолларын истиҥник-иһирэхтик ахтан аастылар. Кини көҕүлээһининэн эргэ Саҥа дьылга ыччаттар, устудьуоннар кэнсиэр тэрийэллэрэ. Ыам ыйын 1 күнүгэр «Ыллаа-туой, оҕо саас» диэн ырыа куонкуруһа ыытыллара үгэскэ кубулуйан, сыл аайы ыытыллар буолла.
Роман Моттуев оскуола оҕолорун музыка алыптаах аартыгар сиэтэн киллэрбитэ. Ону сэргэ «Кустук» кииҥҥэ уус-уран салайааччынан үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ оҕолору, ыччаттары ырыаҕа уһуйбута. Ол оҕолоро билигин да ыллыы сылдьаллар. Хомойуох иһин, талааннаах мелодист Роман Моттуев айар кэмин үгэнигэр сылдьан, 2012 с. муус устар 13 күнүгэр олохтон туораабыта. Биир сылынан кини сырдык кэриэһигэр улуус дьаһалтатын, үлэлээбит киинин үлэһиттэрин өйөбүллэринэн кини туһунан ахтыы-кинигэ күн сирин көрбүтэ.
– Биһиги оҕобут Рома 1981 с. кулун тутар 5 күнүгэр төрөөбүтэ. Рома кыра сылдьан олус сэмэйэ. Боччумуран олорон эрэ пластилинынан араас оонньуурдары оҥорорун олус сөбүлүүрэ. Онус кылааска тахсан баран, ыллыаҕын баҕарарын туһунан эппитэ. «Хайаан да тугу эмэ ситиһиэм», – диирэ. Баҕа санаатын толорон, ырыа алыптаах эйгэтигэр ылларан киирэн барбыта. 2004 с. улууска ырыа күрэҕэр кыайан, «Ырыа бэргэн» диэн номинация хаһаайына буолан үөрэн-көтөн кэлбитэ харахпытыгар бу баарга дылы.
Рома барыта 40-ча ырыаны айбыта. Доҕоругар, соҕотох тапталыгар Оксанаҕа анаан хас да ырыаны суруйбута. Онтон оҕолонон баран, «Уолчааммар» диэн ырыаны айан, олоҕун аргыһыгар тугунан да кэмнэммэт күндү бэлэҕи оҥорбута. Бу ырыаны билигин доҕоро Виталий Очиров ыллыыр. Виталий оҕобут ырыатын дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарбытыгар махталбыт муҥура суох. Түгэнинэн туһанан, уолбут туһунан ахтыы-кинигэни редакциялаан таһаарбыт Александра Петровна Анисимоваҕа, куонкуруһу тэрийбит Даайа Амматын дьаһалтатыгар, «Кустук» киин үлэһиттэригэр, көмөлөспүт аймахтарбытыгар ис сүрэхтэн дириҥ махталбытын тириэрдэбит, – диэн төрөппүттэрэ Анастасия Анатольевна уонна Прокопий Афанасьевич Моттуевтар ахтан-санаан аастылар.