Роман Дмитриев турнирын Саха сирин хамаандата икки кыһыл көмүс мэтээллээх түмүктээтэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Роман Николаев Роман Дмитриев турнирыгар Саха сиригэр иккис кыһыл көмүс мэтээли аҕалла. Иннинээҕи күн турнирын кыайыылааҕынан Лев Павлов ааттанна. Маны сэргэ хамаандаҕа биир үрүҥ көмүс уонна биэс боруонса мэтээл кэллэ, суруйар ЯСИА.

Түмүктүүр күҥҥэ көрөөччүлэргэ чаҕылхай кыайыыны 79 кг диэри ыйааһыҥҥа Роман Николаев бэлэхтээтэ. Финалга кини 12:0 ахсаанынан Абдусалим Абдусалимовы Ставропольскай кыраайтан кыайда.

«Дагестаҥҥа тренербит Василий Неустроевы кытта бэлэмнэммиппит. Ол кэнниттэн Роман Дмитриев турнира биһиги бастакы стартпыт буолла. Сорохторго сүрүн бэлэмнэнии түһүмэх быһыытынан буолар Россия чемпионатыгар. Күөн көрсөөччүлэрбит күүстээхтэр, норуоттар ардыларынааҕы турнир ону кэрэһэлиир. Салгыы старт — ыччакка Россияҕа бастыыр иһин киирсии», — диэтэ чемпион.

Кыһыл көмүс мэтээл Лев Павлов (57 кг). Үрүҥ көмүс мэтээл Евгений Аронов (97 кг). Боруонса — Николай Захаров (57 кг), Николай Щеглов (61 кг), Юлиан Григорьев (65 кг), Кирилл Мордовской (70 кг) уонна Лилияна Рожина (68 кг).

This post was published on 11.03.2024 09:25 09:25