Муус устар 29 — ыам ыйын 1 күннэригэр «Триумфка» VIII эдэрдэргэ көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир буолар. Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев сырдык кэриэһигэр ананар, суруйар «Спорт Якутии».
Саха сириттэн барыта 28 тустуук кыттыаҕа, эдэрдэргэ сүүмэрдэммит хамаанда старшай тренерэ Василий Неустроев эттэ. Кини Россияҕа бастыыр иһин күрэхтэһии кыайыылааҕа уонна призера Станислав Свинобоев уонна Дархан Игнатьев Дьокуускайдааҕы турниры көтүтэллэрин иһитиннэрдэ. Бөҕөстөр Россия хамаандатын иһигэр киирсэн, үөрэнэр-эрчиллэр хомууру ааһаллар.
Саха сирин хамаандата:
57 кг диэри: Григорьев Харысхал, Андросов Валерий, Находкин Егор, Бурнашев Валентин, Седалищев Дьулус, Слепцов Артем, Сухарев Алексей, Дьячковскай Ян.
61 кг диэри: Иванов Александр, Спиридонов Николай, Болуров Александр , Фомин Олег, Григорьев Юлиан.
65 кг диэри: Владимиров Вальтер, Протодьяконов Уйгулаан, Потапов Иван, Бабаранов Иннокентий.
70 кг диэри: Бояновскай Владимир, Андреев Нургун, Белолюбскай Айтал, Николаев Роман.
74 кг диэри: Сергеев Михаил, Ленскай Андриан, Чен Игорь.
92 кг диэри: Николаев Сергей.
97 кг диэри: Иванов Даниил.
125 кг диэри: Максимов Эдуард, Охлопков Иван.
Источник: Sportyakutia.ru
This post was published on 27.04.2021 18:02 18:02