Роман Дмитриев турнира муус устар 29 - ыам ыйын 1 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыаҕа

Сахалартан бастакы олимпийскай чемпион Роман Дмитриев кэриэһигэр ыытыллар VIII норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга турнир Дьокуускайга муус устар 29 — ыам ыйын 1 күннэригэр буолуоҕа. Күрэхтэһии UWW халандаарыгар киллэриллибитэ, балаһыанньаҕа Россия спортивнай тустууга Федерациятын президенэ Михаил Мамиашвили илии баттаабыта.


Тустуу 10 ыйааһыҥҥа ыытыллар. Турнирга 2001-2003 сыллааҕы төрүөх спортсменнар кытталлар.

Бастакы миэстэҕэ  бирииһэ 70 000 солк, үрүҥ көмүс мэтээлгэ – 50 000, боруонсаҕа – 40 000 солк, туһааннаҕынан. Чемпиону бэлэмнээбит тренергэ — 40 тыһ солк.

COVID-19-ка ПЦР анаалыс туттарыллара ирдэниллэр, «отрицательнай» түмүктээх ыспыраапка даатата күрэхтэһии буолара үс суукка (72 чаас) иһинэн буолуохтаах.

Санатар эбит буоллахха, Федерация коронавирус эпидемиятынан сибээстээн, чемпионаты кулун тутар 4 — 6 күннэригэр Москваҕа ыытарга быһаарбыта. Барыллаан 10 дойдуттан уонна Россия 15 регионуттан тустууктар кыттыахтаахтара. Ити эрээри үгэс быһыытынан Саха сиригэр ыытыллара чуолкайданна.

Эрдэтээҥи күрэхтэһиилэр бары Дьокуускайга кулун тутарга буолуталаабыттара.

This post was published on 16.03.2021 13:32 13:32