М.М. Слепцов аатынан оскуола музейын урукку архыыбыгар тустууга Олимпиада кыайыылааҕа Роман Дмитриев хаартыската баар. Спортсмен элбэх мэтээли иилинэн түспүт мөссүөнэ Абый улууһугар хайдах тиксэн хаалбытын интириэһиргээн үөрэттибит.
Роман Дмитриев мөссүөнэ хатаммыт хаартыска хаачыстыбата үчүгэй, ракурса табыллыбыт, уратылаах түһэрии. Онон биһиги биир дойдулаахпыт, Индигир умнаһыгар бастакы учуонай, биолог Дохунаев Василий Николаевич үлэтэ буолуон сөп эбит диэн сабаҕалаатыбыт. Кини кэргэнигэр, Дьокуускай куорат олохтооҕо Дохунаева Дария Николаевнаҕа эрийэн ыйыттыбыт. Онуоха кини маннык кэпсээтэ:
— Кырдьык, бу Баһылай хаартыската. Василий Николаевич үөрүүгэ кыттыһан, онон кынаттан аан дойду чемпионатын кэнниттэн түһэрбитэ. Роман уҥуоҕунан кыратын иһин Улахан киһи. Ол иһин саха бухатыырын курдук улахан сарыннаах көһүннүн диэн кинини аллараттан түһэрдим. Хаартыскам табыллыбытыттан наһаа үөрэбин. Роман бэйэтэ эмиэ наһаа сөбүлээтэ. Кырдьык кини олус үчүгэй дьүһүннээх, улахан киһи курдук тахсан кэлбит диэн кэргэним астына бэлиэтээбитин өйдүүбүн. Василий Николаевич хайаан да дьоммутун үйэтитэн, кинилэри дьон өйүгэр-санаатыгар кэнэҕэһин да хаалларыахха диэн баҕаран туран, уолаттары бэйэтэ эккирэтэн, көрсөн хаартыскаҕа түһэрбитэ. Кини уопсайынан хаартысканан дойдутун үтүө дьонун, кинилэр олохторун кэнники көлүөнэҕэ көрдөрөр, хаалларар санаалаах буолара.
Аны бу хаартыска туһунан Хатас с. олохтооҕо, В. Н. Дохунаев биир дойдулааҕа, табаарыһа Василий Иннокентьевич Сорокоумов бу курдук кэпсиир:
— Хаартыска үс олимпиеһы Павел Павлович Пинигини, Иванов Александр Николаевиһы уонна Роман Михайлович Дмитриевы кытта сибээстээх. Кинилэр 1976 с. Монреалтан кэлбиттэрин кэннэ Василий Николаевич Дохунаев эрдэттэн үлэһэн хаартыскаҕа түһэрэр. Роман Дмитриевы туох баар наҕараадатын, мэтээллэрин Москваттан, Эдьигээнтэн, Дьокуускайтан аҕалтарар. Хаартыска олус үчүгэйдик табыллан, уолаттар астыналлар, Василий Николаевич үлэтин улаханнык сыаналыыллар. Сол курдук Пинигин уонна Роман Дмитриев хаартыскалара бааллар. Оттон Александр таба туттарбатаҕа.
Роман Дмитриев хаартыската билигин да урукку Советскай Сойуус бары государстволарыгар, аан дойду сурунаалларгыгар барытыгар тахсар. Ол эрээри сыл-хонук аастаҕын аайы ааптар аата умнуллар, ханна да суруллубат, бэлиэтэммэт. Убайбыт аата-суола официально киирэн хаалбатаҕа хомолтолоох.
Василий Николаевич бэйэтэ хаартыскаҕа хаһан да түһээччитэ суох. Түһэрэр эрэ этэ. Бэйэтин аппараатын биллиҥҥи курдук “мэ, түһэр” диэн кимиэхэ да туттарбата. Дьон сатаабат да кэмэ буоллаҕа. Кини техниката барыта бэйэтин кэмигэр сөп түбэһэр күүстээх уонна аныгы буолара. Онно үбүн-харчытын харыһыйбата. Төһө баҕарар сыаналаах буоллун, үчүгэй фотоаппараты ыла сатыыра. Ону тус бэйэтэ эрэ туттара. Оччотооҕу саҕана фотограф үлэтэ сүрдээх ыарахан. Араас химияны сөптөөхтүк граммнарын ааҕан-суоттаан туттара, үксүн түүн бэчээттиирэ.
Биир хаартыска историятын билэн, үөрэтэн биһиги биир дойдулаахпыт Василий Николаевич фотограф быһыытынан улахан таһымнааҕын өссө төгүл бэлиэтиибит уонна киэн туттабыт.
Ааптар: Анастасия Сорокоумова, Сыаҥааннаах
This post was published on 31.10.2019 15:26 15:26