РНА учуонайдара эбэҥкилэр, долганнар уонна дьүкээгирдэр олохторун чинчийиэхтэрэ

РНА учуонайдара биир сыл Саха сиригэр, Красноярскай кыраайга, Мурманскай уобаласка социологическай чинчийии ыытыахтара. Долган, эбэҥки, дьүкээгир, саам, ненец, энец, нганасан омуктар олохторун-дьаһахтарын үөрэтиэхтэрэ, суруйар СИА.


«Бастаан төрүт олохтоох общиналарга тирэҕирэн «неформальнай» экономикаларын уонна үгэскэ кубулуйбут үлэлэрин-дьаһахтарын үөрэтиэхтэрэ. Маны сэргэ этноэкспертиза уонна этномониторинг саҥа ньымаларын аттарыыга бөдөҥ хампаанньалар аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар түөлбэлээн олорор сирдэригэр дьайыыларын индикатордарын быһаарыахтара», — диэн кэпсээтэ РНА Арктиканы уонна сибиири чинчийэр киинин дириэктэрэ Вероника Симонова.

Үс региоҥҥа 19 община салайааччыта уопсастыбаннай сүрүннээччилэринэн буолуохтара, тырааныспар, сибээс уонна да атын тэрээһин боппуруостарын быһаарыахтара.

This post was published on 31.03.2021 13:28 13:28