Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, курешка РСФСР спордун маастара уонна хапсаҕайга САССР спордун маастара Петр Саввин кэриэһигэр көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга күрэхтэһии буолла. Көбүөргэ Чурапчы (хамаанданы көҥүл тустууга ССРС уолаттарга сахалартан бастакы чемпиона Семен Морфунов салайан аҕалбыт), Таатта уонна Томпо улуустарын эдэр бөҕөстөрө таҕыстылар. Кылаабынай судьуйа – норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар Михаил Протопопов.
Тустууктар сэттэ ыйааһыҥҥа күүстээхтэри быһаарыстылар. 2006 – 2007 сс. уолаттар 22 уонна 24 киилэлэргэ чемпион аатын былдьастылар. Саамай чэпчэки ыйааһыҥҥа Кириэс Халдьаайыттан Тимур Жегусов утарылаһааччыларын барытын ыраастык кыайда. Манна Мэҥэ Алдантан кыттыбыт саамай эдэр кыттааччыны бэлиэтиэххэ сөп.
Кып-кыра уол бэйэтин маннык билиһиннэрдэ:
— Аатым Өркөн Неймохов. 6 саастаахпын, детсадка сылдьабын. Убайым тустар, мин эмиэ. Кыайтардым, аны тустубатым буолуо.
Ол эрээри Өркөнү кыайбыт Тимур финалга тахсан кырачаан уол үһүс миэстэ иһин киирсэр буолла. Кини биир дойдулааҕын Ариан Неймоховы 23 сөкүүндэнэн ыраастык кыайан соһутта да, үөртэ да. Онон 3-с миэстэ буолан мэтээл, грамота уонна эбиитин анал бириис арааһын тутта.
24 кг 6 уолтан Хаандыгаттан Вова Скударнов эмиэ утарылаһааччыларын барытын ыраастык кыайда.
2003 – 2005 сс. уолаттар 26, 30, 32, 35, 38 уонна 42 киилэлэргэ туһуннулар. 30 кг 16 кыттааччы баар. Уолаттар улахан дьонтон уратылара диэн кэтэмэҕэйдээбэккэ киирсэллэр, ылбыт очколарын харыстаан көмүскэнэр аакка барбаттар. Ол түмүгэр дьон сытыы киирсиилэри, сылбырҕа бырахсыылары, элбэх ыраас кыайыыны көрөллөр. 30 кг бастакы эргииргэ 8 киирсииттэн 7, иккис эргииргэ 4 киирсииттэн 3 ыраас кыайыынан түмүктэннэ. Быһаарыылаах хапсыһыыга Сайдыы спортоскуолатын 2 уола таҕыстылар. Вова Корякин Алеша От-Ду-Шины эмиэ ыраастык кыайда. Тренер Михаил Аммосов Алешаны бастакы эргииргэ эрчийбит албаспытыгар киирэн биэрэҕин диэн балачча сэмэлээбитэ, онтон уола кыайдаҕын аайы астынара элбээтэ. Кэннэки «Аны үөрэхпитин кытаатыахпыт. Онно «доҕолоҥнуур» буолан көрдөһүү бөҕөнөн кэлбитэ», — диэтэ.
32 кг чемпион Амирхон Иванов (Сайдыы) буолла. 3 – с миэстэ иһин киирсиигэ Мичил Мандаров (Чөркөөх, Таатта) кыайыыга дьулуурун көрдөрдө. Кини 1:8 Дьулус Гермогеновка (Дэбдиргэ, Таатта) хотторон иһэн уолун «промокашка» албаска суулуу тутан кэбистэ. Дьулус тренерэ: «5 эрэ сөкүүндэ хаалбыта. Саатар куота сылдьыаххын», — диэн көрдө.
42 кг 14 тустуук кытынна. Бастакы эргииргэ 6 киирсии барыта, иккис эргииргэ 4 киирсии барыта, үһүс эргииргэ хаалбыт 2 киирсии ыраас кыайыынан түмүктэннэ. Быһаарыылаах хапсыһыыга таатталар уолаттара Андриан Жерготов (Чөркөөх) уонна Ариан Неморицын (Боробул) таҕыстылар. Андриан ыраастык кыайда.
Леня Малгин (Кириэс Халдьаайы) 35 кг 3 ыраас уонна биир очконан кыайыыны ситиһэн чемпионнаата. 2-с Арсен Халгаев (Чурапчы), 3-с Таатта Боробулуттан Антон Никонов уонна Женя Заворотный буоллулар.
38 кг 4 Томпо уолаттара чемпион аатын бэйэлэрин икки ардыларыгар быһаарыстылар. Хаандыгаттан Иса Хамутаев кыайда.
Улахан уолаттарга хапсаҕайга 10 кыттааччы баар. Кириэс Халдьаайы спортоскуолатын иитиллээччитэ Владимир Дарбасов Сайдыыттан Дархан Иванову, Никита Севрюгу, Хаандыгаттан Вадим Гайчугу кыайан финалга тахсан күүстээх-уохтаах Ислам Бейшекеев (Сайдыы) кыайа тутан эрдэҕинэ атаҕыттан ылан бырахта. Онон хапсаҕайга муҥутуур кыайыылаах Владимир Дарбасов буолла.
Призердарга барыларыгар мэтээллэри, грамоталары уонна бириистэри туттардылар.
This post was published on 19.04.2016 17:53 17:53