Николай Дегтярев: Рио Оонньууларыгар Саха сирин спортсменнара кыһыл көмүс мэтээллэри ылалларын мэһэйдээтилэр

Рио Оонньууларыгар Саха сирэ кыһыл көмүс мэтээллэри ыларын мэһэйдээтилэр. Биһиги паралимпиецтарбыт бары Олимпиада үрдүк үктэлигэр тахсар толору кыахтаахтара. Ити туһунан СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ Паралимпийскэй кэмитиэтин салайааччыта Николай Дегтярев эттэ.


«Биһиги спортсменнарбыт бары ситиһиилэрин муҥутуур чыпчаалыгар сылдьар кэмнэрэ. Онон булгуччу мэтээллэри ылаллара хаалла. Биһиги атлеттарбытын чөмпүйүөннэр, дьиҥнээх Дьоруойдар курдук көрсүөхтээхпит», — диир кини.

Харбааһыҥҥа Анастасия Диодорова — Пекиннээҕи Паралимпиадаҕа үрүҥ көмүс мэтээли ылбыта, атлет Владимир Балынец —пауэрлифтердар ортолоругар бастыҥ, волейболистка Алена Дмитриева — Европа вице-чөмпүйүөнэ, Степанида Артахинова — оҕунан ытыыга аан дойду түөрт төгүллээх кыайыылааҕа, рекорду олохтообута.

«Билигин Оонньууларга киллэриллибэтэх атлеттарга күрэхтэһии ыытар туһунан кэпсэтиһии бара турар. Кинилэр көрдөрүүлэрин Паралимпиадҕа ситиһиллибити кытта тэҥнээн көрүөх этибит», — диир кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.

Норуоттар икки ардыларынааҕы паралимпийскай кэмитиэт (IPC) баһылыга Филип Крэйвен Россия спортсменнарын Олимпиадаттан туоратар туһунан туруорсуута атырдьах ыйын 7 күнүгэр өйөммүтэ. Россия паралимпийскай кэмитиэтэ маны утарбыта эрээри, быһаарыы уруккутунан хаалла.

XV-с Паралимпийскай сайыҥҥы оонньуулар балаҕан ыйын 7-18 күннэригэр Рио-де-Жанейро куоракка мусталлар. 176 дойдуттан 4 тыһыынчаттан тахса спортсменнар ортолоругар спорт 22 көрүҥэр мэтээл 528 кэмпилиэгэ оонньонуоҕа.

This post was published on 24.08.2016 15:17 15:17