Былатыан Ойуунускай аатынан литература мусуойа Саха норуодунай суруйааччыта Николай Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылынан өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэригэр уруһуйга күрэстэһиини тэрийэн ыыппыта. Куонкуруска улуустартан оҕолор Амма Аччыгыйын айымньыларынан бэртээхэй уруһуйдары аҕалбыттара. Уруһуйдар билигин Дьокуускайга “Үргэл” арт-галереяҕа тураллар.
«Оҕо төрөөбүт тылынан астына ааҕан, суруйан, уруһуйдаан Амма Аччыгыйын айымньыларыттан ийэ тыл кэрэтин, баайын, саха муудараһын, олоҕун кыра да буоллар өйүгэр-санаатыгар хаалларбыт уонна күрэстэһиигэ кыттыбытыттан астыммыт буоллаҕына, ол олус үчүгэй. “Үргэл” арт-галереяҕа быыстапка арыллыытыгар Амма Аччыгыйын кыыһа Муза Николаевна ыҥырыылаах күндү ыалдьыт быһыытынан сылдьыбыта тэрээһини ордук киэргэппитэ. Кини оҕолор үлэлэрэ саалаҕа толору тардыллыбытыттан улаханнык долгуйбута. Күндү киһитин, аҕатын айымньыларын кэнчээри ыччат сэҥээрэриттэн, болҕойон ааҕарыттан үөрбүтэ», — диир мусуой үлэһитэ Ньургуйаана Халгаева. Бу күн саалаҕа толору мустубут дьоҥҥо саха национальнай гимназиятын үөрэнээччилэрэ Амма Аччыгыйын айымньыларыттан быһа тардыыны көрдөрбүттэр. Онтон куонкурус кыайыылаахтара норуодунай худуоһунньуктар Людмила Слепцова уонна Николай Курилов илиилэриттэн дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан диплом ылбыттар, Муза Николаевнаттан истиҥ-сылаас тыллары истибиттэр, долгутуулаах түһүлгэҕэ мустубут ыалдьыттар бары өйдүү-саныы сылдьарга хаартыскаҕа түспүттэр.
Ньургуйаана Викторовна өйтөн суруйууга уонна уруһуй куонкурустарыгар быйыл Муома Хонуутун оҕолоро ордук көхтөөх кыттыыны ылбыттарын этэр. Маны сэргэ, Бөтүҥ (Амма улууһа), Ороһу (Үөһээ Бүлүү), Дьохсоҕон (Таатта) оскуолатын үөрэнээччилэрэ элбэх үлэлэри киллэрбиттэр. Онуоха күрэстэһиигэ кыттыбыт оҕолор бука бары ис сүрэхтэриттэн иэйэн, аахпыт айымньыларын чугастык ылынан, туох баар кыһамньыларын ууран уруһуйдаабыттара көрөөччүлэр болҕомтолорун улаханнык тардарын, сэҥээрдэрин бэлиэтиир.
This post was published on 25.04.2016 18:51 18:51