Өргүөттэр олохтоох көҕүлээһини өйүүллэр

Өргүөт нэһилиэгэр оҕо оонньуур былаһаакката, эти-сиини дьарыктыыр  миэстэлэр, дьаарбайар сирдэр баар буолуохтара. Манна оҕолор эрэ буолбакка, улахан дьон эмиэ үөрэ-көтө мустар сирдэрин тэрийиэхтэрэ.

Бу баҕа санаа чахчы туоларыгар  Өргүөт дьаһалтата олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр программаҕа  киирсэн, 2 мөл 700  тыһ солк субсидия ылан, тутуу бу мантан саас үлэтэ  саҕаланыахтаах.

350 тыһ солк олохтоох нэһилиэк дьоно — сэргэтэ харчы хомуйан бу үйэлээх үтүө дьыалаҕа кыттыһыахтаах. Билиҥҥи туругунан, 100 тыһ солк нэһилиэк түөлбэлэринэн хомуллан сытар. Суума толору хомулунна да, үлэни ылар бэдэрээччит куонкуруһа биллэриллиэхтээх.

Өргүөт дьоно — сэргэтэ бары түмсүүлээхтик биир сомоҕо буолан, оҕолор астына оонньуулларыгар, ыччаттар успуордунан дьарыктаналларыгар, аҕам саастаахтар дуоһуйа сэһэргэһэллэригэр анаан оҥоһуллар  бэртээхэй оҕо спортивнай былаһааккатын тутуутун өйүөххэйиҥ, диэн суруйда Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын телеграм-ханаала.

This post was published on 05.04.2023 11:56 11:56