РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин састаабыгар Ил Дархан Айсен Николаев киирдэ

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Судаарыстыбаннай Сэбиэт саҥардыллыбыт састаабын бигэргэттэ. Владимир Путин салайааччылаах Сэбиэккэ дьокутааттар, уопсастыбанньыктар, губернатордар, олор истэригэр Ил Дархан Айсен Николаев киирдэ.


Уһук Илин федеральнай уокуругуттан Сэбиэт саҥардыллыбыт састаабыгар РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, Еврейскай автономнай уобалас губернатора Ростислав Гольдштейн, Приморскай кыраай губернатора Олег Кожемяко, Чукотка губернатора Роман Копин, Сахалин губернатора Валерий Лимаренко, Магадан губернатора Сергей Носов, Амурскай уобалас губернатора Василий Орлов, Забайкальскай кыраай губернатора Александр Осипов, Камчатскай кыраай губернатора Владимир Солодов, Бурятия баһылыга Алексей Цыденов киирдилэр.

Госсовет – былаас конституционнай сүбэлэһэр уоргана. 2000 сыллаахха бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээһининэн сөргүтүллүбүт уорганы быйыл дойду сүрүн сокуонунан бигэргэппиттэрэ.

This post was published on 22.12.2020 10:01 10:01